Багар ким эмит туьаныа диэн ыыттым.
САХА ЭМЧИТТЭРЭ:
— Алгыс Уйбаан 8914 273 00 02.
— Алгыстаах Елексеен 8914 103 55 35.
— Айылган, алгысчыт 8914 291 23 29.
— Арыйаан, алгысчыт 8914 227 13 68.
— Аар Саарын 8962 731 16 69.
— Кулан 8924 662 28 19.
— Александра Егорова, эмчит, Наахара с. 841143 25 125.
— Чашкин Михаил Фомич, Таатта, Уолба с. 841152 28 321.
— Эдьиий Дора, Дьокуускай к. 33 17 89, 8914 275 09 01.
— Афанасий Сергеев, массажист 8924 662 11 17.
— Сэниэ Илгэ, Лена Леонтьева, 8924 563 52 05,
8914 281 25 45.
— Хатылы Готовцева, эмчит, отоьут 8914 221 59 99.
— Домнуура, Пелагея Захарова, эмчит, сутугу керер
8914 279 92 71.
— Байаана, Сунхалыырова Екатерина Николаевна, Таатта,
Кыйы с. 8924 664 40 48.
— Сууйурхаана, Антонина Моисеева, эмчит, арчыьыт, суру
кеннерееччу 8914 823 19 68, 8924 369 44 51.
-Чугдаара, Матрена Иванова, эмчит, арчыьыт, Амма,
Алтан с. 8967 914 29 58.
— Павлова Надежда Ивановна, илбииьит, субэьит
8914 251 70 72.
— Николаева Юлия Юрьевна, эмчит, уйулгаьыт
8914 270 98 51.
— Сылык, Николай Слепцов, арчыьыт, ыраастыыр
8914 231 39 30.
— Эверстова Люция, эмчит 8914 288 82 10.
— Куйаар Ньыыкас, Николай Софронеев, парапсихолог,
арчыьыт 8914 273 57 79, 8924 166 48 77.
— Иван Чирков, экстрасенс 8914 263 86 29,
8999 244 77 79.
— Дуранов Максим Максимович, кербуеччу, поисковик
8968 157 84 89.
— Дуранова Зоя Алексеевна, эмчит 8962 732 63 73.
— Евдокимова Любовь Петровна, кербуеччу, гадалка
8914 290 10 63.
— Ердашева Парасковья, кербуеччу, Булуу
8965 998 31 56.
— Золотарева Елена Дмитриевна, арчыьыт, кербуеччу
8924 663 51 25.
— Татыйык, Захарова Татьяна, арчыьыт, кербуеччу,
гадания 8914 111 20 04.
— Сарыада, Неустроева Лариса Алексеевна, эмчит,
арчыьыт, гадалка 8914 264 72 30.
— Николаев Алексей Николаевич, арчыьыт 8914 225 29 57.
— Тиэлиги Хотун, Петрова Ирина Кузьминична, эмчит,
травница, Мэнэ Ханалас 8964 417 39 28.
— Саввинова Альбина Николаевна, кербуеччу, арчыьыт,
хомуьунан эмтиир 8924 365 53 11.
— Сайыы Кута, Старостина Анисья Петровна, алгысчыт,
нумеролог 8924 664 00 36, 8914 230 43 15.
— Тимофеев Павел, массажист 8914 272 12 12.
— Филиппова Евдокия Гаврильевна, гадалка 8924 368 6776
— Яковлева Варвара Ивановна, кербуеччу 8984 106 36 02.
— Кривошапкина Татьяна, кербуеччу 8924 460 56 60.
— Сандаара, Макарова Людмила Ильинична, эмчит,
массажист 8924 664 81 13.
— Талбаана, Габышева Татьяна, коуч 8964 424 15 69.
— Петрова Алефтина Григорьевна, мастер рейки,
остеопат 8924 166 51 30.
— Рекова Мария Эдуардовна, эмчит, Эдьикээн
8924 763 97 85.
— Васильева Наталья Егоровна, эмчит, Нам
8914 265 37 68.
— Васильева Софья Николаевна, эмчит, Эдьикээн
8914 264 12 44.
— Винокуров Егор Иннокентьевич, эмчит, массажист
8964 417 05 13.
— Емельянов Иван Софронович, эмчит 8914 274 37 27.
— Уйгу Быйан Сандаара, Дмитриева Александра, коуч,
массажист, остеопат 8914 822 89 88.
— Афанасий Федоров, алгысчыт 8914 271 46 21.
— Седует, эмчит, Булуу, Дьеккен 24534, 8962 732 60 85.
— Дьеьегей Дьегуессэ, унуох тутааччы 8914 262 06 65.
— Урун Уолан Хордогой, арчыьыт 8924 469 54 62.
— Сылык, Николай Слепцов, арчыьыт 8914 241 39 30.
— Чыыбыс кыыьа Кэрээнэ, Любовь Колодезникова,
кербуеччу, ологор муммукка кемелеьер
8999 244 71 17.
— Таас Кыыьа, аналлаах тааска алгыс инэрэр, ебугэни
ситимниир 8914 291 01 16.
— Тимофеева Марианна, уйулгаьыт, нумеролог, сахалыы
аат булан биэрэр 8964 422 95 84.
— Харыскан Кынат, экстрасенс 8962 738 45 91.
— Николаев Юрий Павлович, эмчит, Дьокуускай, эдэр
уол 8984 106 44 39.
— Олесов Николай Николаевич, эмчит, Уус Алдан
8914 279 05 50, 8924 861 98 83.
— Алексей Иванович, ойуун, Хатас, терде Верхоянскай
8924 170 49 17.
— Августина Ильинична Яковлева, эмчит 8914 296 8672.
— Меккюсярова Варвара, гирудотерапевт 8914 221 0844.
— Сырдык, Алексей Божедонов, эмчит 40 94 34.
— Григорий Дарамаев, эмчит 8914 828 47 31.
— Альбина Дарамаева, эмчит 8924 167 01 27.
— Александра Прокопьевна, биотоктаах, тарбахтарынан
эмтиир, массажист 8914 230 13 10.
— Верховцева Тамара Прокопьевна, эмчит, кербуеччу,
Тамалакаан, Уьээ Булуу 8914 102 90 33.
Багар ол бу даннайдара уларыйбыт буолуон сеп
Тохсунньу – Таҥха ыйа. Бу кэмҥэ сахалар халлаан оройо аһыллар дииллэрэ, онон инникини өтө көрөөрү, олохторун хаамыытын билээри билгэлэнэр, көрүүлэнэр этилэр. Таҥха Хаан — Дьылҕа таҥараларыттан биирдэстэрэ, саха киһитин оҥоһуутун билгэлиир итэҕэлэ, киһи олоҕун үтүө-мөкү да, түһэр-тахсар да сүрүн түгэннэрин быһаарар.
Оттон көрбүөччүлэр, ойууннар, айылҕалаах дьоммут тугу биттэнэр, билгэлиир эбиттэрий?
“Быыһык кэмҥэ олоробут”
Дора Кобякова-Эдьиий Дора, экстрасенс:
– Бу кэмтэн дьиҥнээх олох, дьэ, кэллэ. Ити икки өрүттээх. Онон, үчүгэй өттүн тутуһан, саха дьоно иллээхтик-эйэлээхтик, олохтоохтук, бэйэбит холумтаммытыгар бэйэ бодобутун тардынан, өйдүүн-санаалыын сааһыланан, тосту уларыйан, сымнаан, уһуну-киэҥи санаан, биир бигэ санаанан салайтаран, сахалыы тэринэн-дьаһанан олоруохтаахпыт.
Өссө да уһун кэмҥэ үчүгэйдик олоруохпут. Саха киһитэ туохтан да куттаныа суохтаах. Биһиги сэрииттэн уонна сир хамсааһыныттан эрэ долгуйуох тустаахпыт. Миэхэ итинник этиттэрэллэр. Олоҕу түргэнник олорон бүтэргэ ыксаамаҥ. Дьиҥ сирдээҕи олох, дьэ, саҕаланна. Олох интэриэһинэйэ, уйгулааҕа, киһи киһиэхэ наада буолара, дьэ, кэллэ. Холобур, бу киһи билигин миэхэ наадата суох, ол эрээри, сарсын олус наада буолара тирээн кэлиэ. Киһи өйүн-санаатын үлтү ытыйар кэмнэр тирээн кэллилэр. Биһиги быыһык кэмҥэ олоробут. Холобур, эбэбит илинин-арҕаатын да быһаарбат турукка киирэн, кэхтии, эстии суолун тутуһан эрэр эбиппит. Ол тохтуо диэн эрэнэбин. Олоҕу, үлэни уустугурдумаҥ, курдурҕаччы олорон иһиллиэхтээх. Баары харыстаан, сиэри-туому тутуһан олоруоҕуҥ, этиһэн, хойох хостоһон, мөҕүттэн, айдаарсан бүтүөҕүҥ.
Биһиги өбүгэлэрбит үтүөлэригэр олоробут, кинилэр ситэри аһаабатах-таҥныбатах астара-таҥастара биһиэхэ тиксибит эбит. Улууһунан-нэһилиэгинэн, уруунан-аймаҕынан, кырдьаҕастар-эдэрдэр диэн хайдыһымаҥ. Бэйэ-бэйэни өйдөспөт буолууттан, сыыһа, атын хайысхаҕа баран эрэрбититтэн дьиксинэбин. Тоҕо диэтэр, бу быыһык кэмҥэ бэйэбит эрэ ньамалаһан олоробут. Сотору кэминэн, аҕыйах сылынан тастан олус элбэх киһи кэлиэҕэ. Ону көрбүтүм ыраатта. Сибилигин онно бэлэммит суох. Дьиҥэ, ити кэлиэхтээх омуктар, ол эрээри аһара элбэх омук кэлээри гынна.
Атын сиргэ көһөн барымаҥ диэн этиэм этэ. Үөрэнэ, дьаарбайа барыахха сөп. Оттон төрөөбүт дойдуну быраҕан, олох тахсан барары мин аньыыргыыбын. Дойдулаах дьон дойдугутугар эргиллэн кэлээриҥ, быстан-ойдон быралыйан хаалымаҥ диэн илдьиппин тиэрдэбин. Саха дьоно тутуспутунан наһаа көһөн эрэриттэн мин дьиксинэбин.
Оттон биһиэхэ кэлээри омук дьоно үөһээ-аллараа тыыныы бөҕө. Дьиҥ олохтоох саха буоларбытынан, бу кэлээччи дьоҥҥо өй-санаа өттүнэн бэлэмнээх, туруктаах буолуохтаахпыт. Хас биирдии нэһилиэк, улуус дьоно бүттүүн тутуһан, айылҕаны, сири-уоту киртиппэттэрин курдук көрө-истэ, эйэ-дэмнээхтик үлэлээн, ыччаты, аймаҕы кытары сибээһи тутуһан олоруохтаах. Элбэх киһи дьиэ-уот туттарыгар баҕарабын. Хас биирдии саха ыала холумтанын сөргүттүн, билигин барыта гаас буолла, айылҕабытыттан, эһэкээммититтэн тэйдибит. Куорат да буоллун, төһө кыалларынан камины, оһоҕу туттаргытыгар, сахалыы баай сандалылаах буолуоххутун баҕарабын.
Тымныыбыт биһигини ыраастыыр, эмтиир, чэбдигирдэр, аптаах тыалынан бу бүрүүкээбит дьаҥы-дьаһаҕы, куһаҕан тыыны үтэйэр эбит. Онон бу ыарыы хаптайдаҕа буоллун, хам тутан күдэриккэ тэптэҕим буоллун, киирэр-тахсар халҕанын ыбылы саптаҕым буоллун, этэҥҥэ буолууну хааччыйдаҕым буоллун!
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: ykt.ru
Бу күннэргэ Эдьиий Дуора аатыттан социальнай ситимҥэ, чуолаан, батсаап нөҥүө бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн миитиҥҥэ ыҥырар хабааннаах иһитиннэрии, ыҥырыы сурук тарҕанна, диэн иһитиннэрэр НВК «Саха» ханаала.
Федора Иннокентьевна НВК «Саха» ханаалынан ол тарҕаммыт иһитиннэриигэ харда тылы эттэ.
⠀
«Ити барыта сүөргү уонна сымыйа. Мин кими да, ханна да ыҥырбатаҕым. Отой итиннигинэн дьарыгырбат киһибин. Итиннигинэн үлүһүйэр, дьарыктанар кэм буолбатах. Хас биирдии саха киһитигэр дьиҥнээх бодо кэмэ дьэ кэллэ. Киһи киһиэхэ наадыйар кэмэ дьэ кэллэ. Уруккулуу олорон бүттүбүт. Билигин тыл, кумааҕы сэриитэ буола турар. Кэмэ итинник. Быыһык кэм. Барыга бары харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахтаахпыт, бэйэ бодотун тардынан. Манныкка киирэн биэриэ суохтаахпыт», — диэн Эдьиий Дора эттэ.
Ону таһынан, «Саха итэҕэлэ» биэриигэ Эдьиий Дора саха дьонугар сүбэлиир:
— Убаастабыл, ытыктабыл баар буолуохтаах. Барыны барытын атын хараҕынан көрүөхтээхпит, киһи быһыытынан уларыйаргытыгар баҕарабын. Олоххо ыксаамаҥ, сирдээҕи олоҕунан олороргутугар ыҥырабын. Киһи киһиэхэ санаатын аһаҕастык этэр кэмэ кэллэ. Үчүгэй уонна куһаҕан тэҥҥэ арыаллаһа сылдьар, үчүгэй кыайыахтаах. Хас биирдии киһи үчүгэйи ыраланыахтаах. Мин көрүүбэр маннык суулаһан олорорбут биэс эрэ сыл хаалла. Саҥалыы тэринэн олоруохпутун наада. Онтон-мантан куттанымаҥ, куһаҕаны биттэнимэҥ. Тэрилтэ иһигэр ил олох, дьиэ кэргэҥҥэ эйэ баар буолуохтаах.
Хас сыл аайы киһи барыта, улаханныын-кыралыын Саҥа дьылтан туох эрэ дьиктини, кэрэни күүтэр. Саҥа үүнэр сыл түүнүгэр, Саҥа дьыл алыптаах түүнүгэр киһи аймах саамай кистэлэҥ баҕа санаатын этэр, үчүгэйгэ, үтүөҕэ эрэнэр. Бары даҕаны бу күүтүүлээх, долгутуулаах кэлэр сыл хайаан да ааһан эрэр сыллааҕар ордук буолуо, кыһарыйыы, хомолто, аймалҕан кэннибитигэр хаалыаҕа диэн эрэнэр. Оттон бу кэлэр 2023 сыл тугу түстүүрүй, биһиги тугу кэтэһэбитий? Ол туһунан астрология, чараас эйгэ дьоно туох дииллэрий?
Эдьиий Дора, норуот эмчитэ:
– Бастатан туран, мин эһиэхэ доруобуйаны баҕарабын. Уһун тыыннаах, дьоллоох-соргулаах олоҕу. Бу турар-олорор сиргититтэн үс миэтэрэлээх радиустаах эргимтэҕэ наар үчүгэй биттээх буоларгытыгар баҕарабын, хас биирдии киһи. Биһиги бу саха омук сирбитигэр-уоппутугар тэһийэн олорорбутунан сибээстээн, дьиҥ бу күнтэн ыла сахалыы бэйэ бодотун тардынан, хас биирдии киһи олоххо сыаллаахтык-былааннаахтык кырдьыы бэрээдэгэр киирэригэр сүбэлиибин. Дьиҥнээх олох, киһи киһиэхэ наада буолара дьэ кэллэ. Биһиги олорон хаалбыт эбиппит. Хас биирдии киһи бу күнтэн ыла уларыйан, дьүһүн кубулуйуҥ диэбэппин, киһи быһыытынан уларыйаргытын этэбин. Олоҕу таптыахха, бэйэни харыстаныахха наада. Биһиги харыстанньаҥ, эйэлээх, сомоҕолоһуулаах буолуохтаахпыт. Олох соҕотохсуйумаҥ, санааҕытын уларытаҥҥыт, төрөөбүт дойдугут диэки хайыһыҥ.
Хас биирдии киһи дьиэлээх-уоттаах, иитиллибит, төрөөбүт түөлбэлээх. Биһиги айылҕа оҕолоробут, онон тутахсыйымаҥ, кэхтимэҥ, мин соҕотохпун, тугум да суох диэн тылы отой туттумаҥ. Саамай быйаҥнаах, байылыат олохтоох биһиги, манна уутуйан олорор саха омук, буолабыт. Хаһан даҕаны бэйэҕитин сэнэнимэҥ, куһаҕаннык саҥарсымаҥ, кыыһырсымаҥ, мөҕүттүмэҥ. Мөҕүттэр, кыыһырсар, сирэр-талар кэм буолбатах билигин – саҥа, бэйэҕэ бүгэр кэм. Биһиги быыһык кэмҥэ олоробут. Билигин биһиги наһаа да киэҥ сири баһылаан олорор эбиппит. Оҕолоргутун, ыччаттаргытын сахалыы иитиэххитин наада. Икки өрүттээх олох илэ-бодо тиийэн кэлбит эбит. Куттанарбыт, салларбыт, дьиксинэрбит да наһаа элбэх эбит, олоххо бэлэммит суох. Онон бу күнтэн ыла туохтан да куттаныа суохтаахпыт.
Аҕыйах сылынан алларанан да, үөһэнэн да элбэх омук кэлиэ. Аттыгар сүүс даҕаны омук кус-хаас тойугун туойан ааһар да кэмигэр куттаммытын, дьиксиммитин да биллэриэ суохтаах. Эр киһини эр киһи курдук, аҕаны аҕа курдук көрүөхтээхпит. Эр киһи дьахтары таптыахтаах, харыстыахтаах, хата бу мин биир бэйэм эйигин ылан биэс-алта буоллум диэн махтаныахтаах. Эр киһи наһаа кэбирэх, ону өйдөөх дьахтар сахалыы салайыахтаах. Онтон дьахтар аһа-үөлэ куруук бэлэм, таҥаһа-саба ыраас, дьиҥ сахалыы уопсайдыҥы дьаһаллаах, көрүүлээх буолуохтаах. Бу күнтэн ыла саха дьоно ыһыытаһан-хаһыытаһан, охсуһан-этиһэн бүтүөххэйиҥ. Дьиэ олоҕо дьахтартан улахан тутулуктаах, онон бэйэ-бэйэҕитин харыстааҥ, таптааҥ, эйэлээх буолуҥ.
Саха омук тыыннаах хаалар туһугар наар үчүгэйи, сырдыгы тутуһуохтаах. Күн аайы саҥалыы дьаһанан олоруохтаахпыт. Биһиги, сахалар, элгээнтэн, олохтон тэйдибит. Биһиги уот иччитигэр, Байанай иччитигэр сүгүрүйэбит. Уот, байанай, эбэ, уу, суол, сир баайын, дьиэ иччилэрэ бааллар, ол курдук барыта баар, бу биһиги сиэрбит-туоммут. Биһиги ытык кэрэ сиргэ олоробут, онон от-мас лабаатын аннынан сэрэнэн кэпсэтэн ааһыахтаахпыт. Онон бары хомуллан, түмүллэн олоруоххайыҥ, өйбүт-санаабыт бигэ буоллун!
Видео: Эдьиэй Дора алгыс тылларын тиэртэ
Эдьиэй Дора саҥа кинигэ тахсыбытыгар көрсүһүүтэ, 24.12.2022
Ахсынньы 24 күнүгэр Эдьиэй Дора «Айар» кинигэ кыһатыгар Огдо-Евдокия Иринцеева суруйбут «Эдьиий — верховная шаманка трех миров (Уникальная сила целительского дара. Познай природу и себя)» кинигэтэ тахсыбытынан, ааҕааччылары кытта көрүстэ, кинигэтигэр алгыс суруйан, тус бэчээтин хаалларда. Уонна, үгэс курдук, мустубут дьоҥҥо бэйэтин көрүүлэрин кэпсээтэ, алгыс тылларын тиэртэ.
https://rutube.ru/video/a2aed3767c85805e23f684403ac15633/
Фото: видео, фото — Владислав Коротов, специально для SAKHALIFE.RU
Источник: сетевое издание SAKHALIFE.RU
Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Наверх